Page 113 - Неизвестное название
P. 113

Үтүө сүрэххин
                 4500 Үөһээ дайды бөҕөлөрө,
                       Орто дойду
                       Дуолан бухатыырдара,
                       Бэгидийэр бэртэрэ,
                       Бу үс аан дойдуга
                       Эйиэхэ тиийэ
                       Эриэккэс дьүһүннээҕи истибэтэхпит,
                       Көнө уҥуохтааҕы көрбөтөхггүт,
                       Талыы дьахтары,
                       Кырасыабай кыыһы
                 4510 Билбэтэхпит диэн,
                       Ыллыыр ырыаларын
                       Ымсыылаах эгэлгэтэ кинэллэрэ,*
                       Туойар тойуктарын
                       Номохтоох хоһооно оҥостоллоро.
                       Кэрэ үтүө
                       Кэпсээн гыналлара.
                       Ол иһин оннук үтүө
                       Кырасыабай дьүһүнүн
                       Көнө уҥуоҕун
                 4520 Көрдөрбүн диэн,
                       Оҕо эрдэхпиттэн
                       Умсугуйа саныырым.
                       Онтукам баара
                       Ол умсулҕаннаах кыыһым
                       Уун-утары
                       Түбэспит эбиккин дуу?
                       Ол да иһин
                       Эн диэтэх киһи
                       Кууспутун кумуулааҕын,
                 4530 Харбаабытын хапсаҕайын.
                       Эрийбитин имэҥнээҕин эбитин.
                       Сүрэҕим долгуйда,
                       Сүһүөҕүм хамсаата,
                       Сүргэм көтөҕүлүннэ,
                       Кырасыабай дьүһүҥҥүн,
                       Көнө уҥуоххун,
                       Кыра соҕустук
                       Көрдөрө түһүөххүн,
                       Төһө-хачча буолуой?*
                 4540 Биир дойду бэлиэ бэрдэ,
                       Талыыканнаах дьахтара,
                                     - 110 -
   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118