Page 118 - Неизвестное название
P. 118
4800 Хара килэдьи
Хайыһар анньыллан
Хахсааттаах-салгыннаах
Халлаан диэки
Хантайан турар эбит.
Кини диэки
Эриличчи-турулуччу
Эргим-ургум көрө түстэ.
Ол гынан баран
Биир үтэһэлээх тайадын,
4810 Кини диэки
Анньан биэрдэ,
Биир үтэһэлээх тайаҕын
Бэйэтэ ылан
Оҥойон турар
Уолугун үүтүнэн
Айахтаах күтүр эбит,
Ол устун
Үтэһэлэри баҕастары
Туруору уган баран,
4820 Ь1ллах-ыллах
Ыстаата да,
Ыйыстан ньылыс гыннаран кэбистэ.
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Атыттан ыстанан түһэн,
Аҥар илиитинэн
Үтэһэлээх аһын ылаары,
Сыбдыс гынан эрдэҕинэ,
Баһа суох киһитэ:
—■ Уо-татат, уо-татат!
4830 Босхо бас баһа быстан
Түһээри, гынна быһыылаах, — диэтэ да
Хапсаҕай үлүгэрдик
Хайыһарын үрдүгэр түһэн,
Харбаан ылан
Кэтэ оҕуста да
Хара күдэн
Оргуйан хаалла.
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Суол киһитэ
4840 Туорхаһыйбыт эбит,
Айан киһитэ
Аччыктаабыт быһыылаах
- 117 -

