Page 121 - Неизвестное название
P. 121
Хара күдэни
4930 Оргутан хаалла.
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Тиэтэл үлүгэрдик
Сиритэ-хайыта тыытан,
Аһыы охсон,
Атын үрдүгэр түһэн,
Айаннаабытын курдук
Айаннаан дабыдытан,
Эккирэппитин курдук
Эккирэтэн барда.
4940 Буут быстарынан,
Муҥутуур тургэнинэн
Бурҕачытан истэ.
Өр да айаннаабытын билбэтэ,
Өтөр да айаннаабытын билбэтэ.
Били хайыһардаах киһитэ
Алта үтэһэҕэ
Алта буур тайаҕы үөлбүт
Хайы-үйэҕэ
Күөһэ-аһа буспут
4950 Бу агдаллан олорор эбит.
Кини кэлэрин кытта
Үс үтэһэлээх тайаҕы
Кини диэки
Анньан кэбистэ.
Үс үтэһэлээх тайаҕын
Уолугун үүтүнэн
Утуу-субуу уган
Ыгдах-ыгдах ыстаан баран,
Ыйыстан мэлис гыннаран кэбистэ.
4960 Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Тохтуу түстэ
Чугурус гынна,
Бэри диэн бэркиһээтэ,
Сөрү диэн сөхтө,
Саманнык диэн
Саҥа саҥара турда:
— Дьиэ-буо, дьиэ-буо!
Бу күлүмүрдээн тахсар
Күнүм анныгар,
4970 Дьирибинээн турар
Сирим үрдүгэр
- 120 -

