Page 120 - Неизвестное название
P. 120

Буруус таастары
                      Буор былыт курдук
                      Бурхачытан бурайан,
                      Калйыл сымара таастары
                4890 Кыраһа хаар курдук
                      Кыыс бэрбээкэйинэн
                      Хайыта тыыран,
                      Халыһытан барбыт.
                      Ол хайыһар суолун
                      Суоллаан ирдээн,
                      Таас төкөрүҥүнэн,*
                      Тарайа сэлиинэн
                      Тэбиэһирдэн-сикситэн,
                      Тэбилиннэрэн истэ.
                4900 Төһө да бириэмэҕэ
                      Айаннаабытын билбэтэ.
                      Ол курдук
                      Омуннаахтык-төлөннөөхтүк
                      Уурдаран-оҕустаран истэҕинэ,
                      Били киһитэ биир сиргэ
                      Түөрт үтэһэҕэ
                      Түөрт буур тайаҕы үөлбүт,
                      Күөһэ-аһа буспут
                      Бу ыгдаллан олорор эбит.
                4910 Кини тиийэрин кытта
                      Икки үтэһэлээх тайаҕын
                      Кини диэки
                      Анньан кэбистэ.
                      Икки үтэһэлээх тайаҕын
                      Уолугун үүтүнэн
                      Олбу-солбу угуталаан
                      Ыгдах-ыгдах ыйыстан баран,
                      Мэлис гыннаран кэбистэ.
                      Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
                4920 Атыттан ойон түһэн
                      Үтэһэлээх аһын
                      Дар гынан
                      Ылаары гынан эрдэҕинэ,
                      Хайыһардаах киһитэ;
                         — Уо-татай, уо-татай!
                      Босхо бас быһа быстан
                      Түһээри гынна быһыылаах, — диэтэ да,
                      Хайыһарын үрдүгэр түһэн,

                                     -119-
   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125