Page 116 - Неизвестное название
P. 116

О л синньээбит кэмигэр
                     Тустуулаах Дьуруо Бө§ө
                     Ийэтин кылыһынан
                     Этиэх түргэнэ
                     Этиҥ чаҕылданын курдук
                     Этириэс быһа охсон кэбистэ.
               4720 Абааһы кыыһа
                     Абытайбыын диэбитинэн
                     Ап Чалахай байҕалга
                     Уу хорҕолдьун курдук
                     Унньулус гынан өлен түстэ.
                        Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
                     Оһолтон ордон,
                     Быһыылаантан быыһанан,
                     Өлүүттэн өрөһүнэн,*
                     Алдьархайтан арахсан,
               4730 Ап Чалахай байҕал
                     Анараа тардыытыгар
                     Айаннатан астаран,
                     Дьабыдытан-дьалкытан түһэн барда.
                        Сир ийэ
                     Тэрээх илими
                     Тиирэ таппыт курдук
                     Дьэрэкээннэнэн-дьэр.гэһэн,
                     Тэнийэн -тэл гэнэн,
                     Сиксигэ биллибэт
               4740 Нэлэмэн киэҥ
                     Сис хара тыа буолан,
                     Сигидийэн-сиидэлэнэн түһэн барда.
                     Арҕам-тарҕам
                     Аарыгыран барбыт
                     Аар хара тыалар
                     Анарааиҥы тардыыларыгар
                     Айаннатан астаран барда,
                     Тэнийэн-тэлгэнэн барбыт
                     Сэгдэҥэ хара тыалар
               4750 Сис дьирбиилэрин
                     Дабааннаах дүөдэлэрин
                     Чиэрэс өттүнэн
                     Сиэллэрэн-тэптэрэн,
                     Тэбиэһирдэн сикситэн
                     Тэлэһийэн барда,
                     Уһаан-тэнийэн кэлбит

                                    - 115 -
   111   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121