Page 125 - Неизвестное название
P. 125

Түҥ-таҥ ытылынна,
                         Түҥнэри-таҥнары эргийдэ,
                         Түлэс-балас түстэ.
                         Сүрэҕэ-быара доргуйда,
                         Иһэ-үөһэ сиксилиннэ,
                         Иһинээҕи хара санаатын
                         Аһаабыт аһын ордорбокко,
                         То§у хотуолаата,
                         Ийэ көлөһүнэ иэнинэн сүүрдэ,
                   5110 Аҕа көлөһүнэ
                         Арҕаһынан айгыһынна,
                         Күүс быһынна,
                         Күдэх эһиннэ.
                         Үөһэ-аллараа охсуллан
                         Үнтү кырбанан,
                         Өй-төй мэлийээри кынна.
                         Били баҕайы
                         Ханна тиийдэ,
                         Хаһан тохтуура
                   5120 Биллибэт буолла.
                         Бу туох үлүгэрдээх
                         Аатгаах бөҕө
                         Абааһытыгар хаптараммын
                         Куотар бөҕө
                         Кубулҕатыгар түбэстэхпин диэн,
                         Айыллан үөскээбит
                         Аан дойдутун,
                         Арыалланан үөскээбит
                         Аймах-билэ дьонноро,
                   5130 Эбэлээх, ИЙЭТЭ
                         Эппит тылларын
                         Эргитэ санаан,
                         Элэҥнэтэн аһарда.
                         Эт бэйэҕинэн,
                         Илэ дьүһүҥҥүнэн
                         Эккирэтэ барыма,
                         Адьарай бөҕө
                         Алдьархайдаах адьырҕата
                         Ааһар бөҕө албастаах,
                   5140 Көстүбэт бөҕө күтүрдээҕэ
                         Куотар бөҕө
                         Кубулҕаттааҕа буолуохтара диэн,
                         Сэрэппиттэрэ баар этэ.
                                        - 124-
   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130