Page 127 - Неизвестное название
P. 127

Алаас сыһыы саҕа
                       Аарыма таас
                       Булгунньах үрдүгэр
                 5190 Туруоран кэбистэ.
                       Бэйэтэ буоллаҕьгна
                       Баараҕай тумул
                       Бысадаһын саҕа буолан
                       Багдайан үллэ турда.
                          Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
                       Туох дойдуга
                       Кэллим диэн
                       Тула көрөн кэбиспитэ —
                       Күнү бүөлүүр
                 5200 Күтүр таас хайалар
                       Күөнтэһэн күлүгүрэн көстөллөр,
                       Ыйы хаххалыыр
                       Ычалаах саталаах
                       Ыраах дбйдуттан
                       Ыһытыы-часкыйа турар
                       Кыраһаны-кырыаны тохтоппотох
                       Кыһыл сымара
                       Кылаадьа таас хайалар
                       Кыларыһан тураллар эбит.
                 5210 Үрдүк халлаан
                       Өрүкүйэр өрөһөтүн
                       Өтөрүтэ көтүөх курдук
                       Өргөстөөх төбөлөөх
                       Үрдүк туруук таастар
                       Өрүтэ үүнэн,
                       Үөмэхтэһэн барбъгггар,
                       Эрдэҕэс улар кыылым
                       Эбирдээх куорсунун курдук
                       Эбир-дьаҕыл буолан
                 5220 Эбиэриһэн көстөр
                       Илин дайдылар
                       Эҥсилгэннээх тардыытын диэки
                       Ийэ буору ибили солоон,
                       Сис хара тыалары
                       Сиҥнэри көтөн,
                       Сириэдиһэн-хоролуһан түспүт
                       Сирилгэн-күрүлгэн үрэхтэр
                       Сиэттиһэн-ситимнэһэн,
                       Эккирэтиһэн сайыалаһан,
                                      - 126 -
   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132