Page 130 - Неизвестное название
P. 130
Сир ийэ
Сириэдийэр-ситимнэнэр
Тыраахтата эбит,
Сиэги маҥан
5320 Сиэттэрэ буолбут эбит.
Бу сыыйыллар тумуллара,
Сүүрүгүрэр сүрүннэрэ,
Аарыгырар айааннара,
Ахтар айыыһыттаах
Аһыныылаах санаалаах,
Абыраллаах көмүскэллээх
Айыы хаан сиэттэрэ,
Айыҥат хаан аймахтара
Арыаллаһан олорор
5330 Аҥаарыйар чэлгийэр
Аан ийэ дойдуларын диэки
Айгыста аҥааттан
Аарыгыран барбыттар.
Күлэр дьөһөгөйдөөх,
Көмүскэс сүрэхтээх
Күн өркөн уустарын
Күндэлэс күннээх,
Күөх унаар урсуннаах,
Күлүмүрдэс дойдуларын диэки
5340 Кудулуһа устан,
Күөгэйэ долгуйан,
Күндээрэн -күл ү м үрдэ эн,
Көстөллөр эбит.
Сорохторо буоллаҕына,
Сордоох соболоҥноох,
Сутуллаах илбистээх,
Суналҕан кырыыстаах,
Чупчурдан хара биистэрин
Добун силлиэ
5350 Дойдуларын диэки
Дьураадыһа суккуллан,
Тоҕута солоон,
Суккулла тураллар эбит.
Алдьархайдаах садыамнаах,
Айыылаах андаҕардаах,
Айаҕымсах часкыыр хара
Аймахтара-биистэрэ
Амырыын адьырҕалара
- 129 -

