Page 146 - Неизвестное название
P. 146
Үөдэн таһаан түһэн барда.
Уол оҕо
Куйахата күүрэр.
Кута долгуйар
Куордаах куодаһыннаах,
Хохтоох холоҥсолоох,
6010 Хомуһуннаах*-илбистээх,
Хаардаах соһу дойду устун
Холур-халыр куугунаан истэ.
Икки атахтаах этэ салаһар,
Иэнэ кэдэрийэр
Иһиллээтэр иһиллибэт
Иччитэх дойдулар
Иэһийэн-куоһуйан
Иҥнэри тардан,
Иҥсэрэн эдирийэн истэ.
6020 Оһоллоох-ороскуоттаах суолунан
Умсары дьурулуйан барда,
Садыамнаах араскааттаах аартыгынан
Татгнары таҥхалыйан* истэ,
Түгэҕэ биллибэт
Түҥкэтэх өлүү
Түгэх дойду
Түҥкүнүүр түгэҕин диэки
Түҥ-таҥ ытыллан
Түҥкэлийэн түһэ турда.
6030 Төһө да хонукка
Түспүтүн билбэтэ.
Тиийэр сирэ
Сиксигэ биллибэтэ,
Тохтуур сирэ
Тутулуга көстүбэтэ.
Ол истэҕинэ
Эмискэччи үлүгэр
Амырыын дайды анылыйда.
Күтүр дойду күҥкүлүйдэ.
6040 Сүлүһүннээх төбөлөөх,
Обоггоох уһуктаах
Үөрбэ долоҕодоһун дойдуга
Төбөтүн оройунан
Тобулу хойуостанан түстэ.
Тоҥуүга иҥнибит
Хара улар курдук
- 145 -

