Page 171 - Неизвестное название
P. 171

Үөмэлэһэ түстүлэр.
                   7080 Тоҕус токур-бокур сэргэни
                        Туора-маары туруордулар,
                        Ajjbic акыр-бакыр
                        Аар баҕаҕы
                        Адаарыччы астылар,
                        Сэттэ экир-бэкир сэргэни
                        Тиэрэ-маары туруордулар.
                        Аҕыс уон aijbic
                        Арбах бастаах
                        Адьырҕа ойуун
                   7090 Баһын уҥуоҕун
                        Ардъаччы ыйаатылар,
                        Тоҕус уон тоҕус
                        Уйгуур удаҕан
                        Төбөтүн уҥуоҕун
                        Хонхоччу ииллилэр,
                         Сэттэ уон сэттэ
                         Сэлээн мэнэрик
                        Төбөтүн уҥуоҕун
                         Мэлтэччи ыйаатылар,
                   7100 Хоолдьуктарын уҥуоҕун
                         Куллурҕаччы ииллилэр.
                         Тоноҕосторун уҥуоҕунан
                        Лоһугураччы оһуордаатылар,
                        Дьардьамаларын унуоҕунан
                         Чэчир астылар,
                         Сотолорун уҥуодунан
                        Дьуолка туруордулар,
                         Харыларын уҥуоҕунан
                         Хайгыа астылар,
                   7110 Кэрэх тэриитинэн
                         Олбох уурдулар,
                         Куочай маһынан
                         Кулуну оҥордулар,
                         Түһүлгэ онно диэн
                        Дьөлүтэ тэбистилэр.
                           Билиги гынан эрдэхтэринэ,
                         Эмискэччи үлүгэр
                         Илин-арҕаа диэки
                         Иһиллээн иһийэн турар
                   7120 Иэһэр хара дойдулар
                         Иччитэх түгэхтэрин диэкиттэн

                                       - 170 -
   166   167   168   169   170   171   172   173   174   175   176