Page 166 - Неизвестное название
P. 166
Түҥкэтэх өлүү дойдутугар
Түспүт эбит буоллаҕым.
Төһө да хонукка-дьылга
Айаннаабыппын билбэтэҕим.
Арай биирдэ
Өлөр өлүү дойдутутар
6870 Үлүк-сүлүк
Өлбөөдүччү көрбүтүм —
Анааран көрбөтөх
Амырьгын үлүгэр
Абааһылар ортолоругар
Баар буолбут эбиппин.
Онон эмиэ
Хараҕым сабыллыбыта.
Онтон иккис хараҕым аһыллыытыгар
Бу тугу көрдүм —
6880 Убайдаатар убайым
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Тус иннибэр кэлэн,
Турар эбиккин дуу,
Төһөөбүппүн да билбэтим,
Илэтин да өйдөөбөтүм.
Аан дойдубуттан
Аймах дьоммор
Эргиллэн кэллим дуу,
Эн адьарай дойдутугар
6890 Кэлэн тураҕын дуу,
XapaijMM иирбит
Бэйэкэтэ дуу?
Кырдьык эн буоллаххына,
Убайым эрэ буолларгын
Бу үлүгэрдээх өлүүттэн
Өрүһүйэ оҕус.
Алдьархай бөҕөттөн
Абырыы тарт,
Туох кыахтааххыный,
6900 Ханнык күүстээххиний,— диэн
Ытаан-соҥоон,
Өрүтэ даллаахтыы олордо.
Билиги гынарын кытта
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Абааһы уолун
Аптаах хаппарын иһиттэн
- 165

