Page 172 - Неизвестное название
P. 172

Эй-мэй саҥа,
                       Иэхэй-чуохай ырыа,
                       Иирээн-кутураан тойуга
                       Эймэҥнэһэн иһэллэрэ
                       Элэҥнэһэн көһүннүлэр,
                       Аллараанан аймалаһан,
                       Үөһээнэн өрүкүһэн,
                       Илин-кэлин түсүһэн,
                 7130 Элиэ курдук элэҥнэһэн
                       Сат курдук сабдыҥнаһан,
                       Сири сиппийэн
                       Дайдыны сабардаан,
                       Саба сыстан кэлэн,
                       Сахсырҕа курдук
                       Дьаабыта биллибэт гына
                       Сааҕынаһа түстүлэр.
                       Хоту-соҕуруу өртүлэринэн
                       Күнэ-ыйа көстүбэт
                 7140 Күлүгүрэн барыйан турар
                       Күдэрик хараҥа дайдылар
                       Күҥкүйэлээх түгэхтэрин диэкиттэн
                       Кус-хаас тойуга,
                       Куба-мороду лахсыыра,
                       Уу-ньамаан саҥа,
                       Уйгуур-сэлээр тойук
                       Оноло биллибэт
                       Уйгууран иһилиннэ.
                       Ол-бу дойдулартан
                 7150 Урууга-ыһыахха сылдьаары,
                       Онохой-кулахай уҥуордарыттан,
                       Алахай-халахай аймахтарыттан,
                        Иҥсэ-мэнэгэй биистэриттэн,
                        Обот-чупчурҕан урдустарыттан,
                       Урут-хойут түсүһэн,
                       Улаат-халаат дайбаһан,
                        Үрүтүн үөһэ
                        Үөр күлүмэн курдук
                        Үөмэлэһэ түстүлэр,
                 7160 Абааһы аһаабытын
                        Билбэт гына
                       Адаарыһан кэллилэр.
                        Көстүбэт көстүбэтин
                        Көрсүбэт гына
                                      - 171
   167   168   169   170   171   172   173   174   175   176   177