Page 169 - Неизвестное название
P. 169

Көстөр үтүө дьүһүҥҥүнэн
                         Күтүөтүм диэтэхпинэ,
                         Кырдьык дацаны
                         Киһи эйиигин
                         Көйгөлүү көрөр
                         Киһитэ буолуоҥ дуо?
                         Иннигиттэн көрөн,
                   7000 Итэҕэскин булан
                         Этиэхтэрэ дуо?
                         Ойоҕоскуттан көрөн,
                         Омсолуохтара дуо?
                         Ол гынан баран
                         Ураһа туоһун курдук
                         Ордуос соҕус
                         Уордамтаҕай эбиккин дуу,
                         Кыраттан даҕаны
                         Кыйахалаабыт тыс курдук
                   7010 Кыыһырымтыа буолсугун дуу,
                         О§о Ньургустайы
                         Эйиигиттэн ордук кимиэхэ
                         Эргэ биэрээри,
                         Былдьаһыам этэ дуо?
                         Эн диэтэх киһи
                         Төрөөбүт үҥкүрүйбүт
                         Төрүт буоргар
                         Дьоһуннаах доҕоргун
                         Оҕо Ньургустайгын
                   7020 Уһугунан дугуннаран,
                         Хаптаҕай уллуҥаҕынан,
                         Хаамтаран дьаарбатаары,
                         Сүһүөҕүнэн сүүрэн
                         Сэргэхсийэн үөрэн,
                         Дьиэрэҥкэйдии оонньуо
                         Этэ диэммин,
                         Аптаах хаппырьпг иһиггэн
                         Арааран таһаараары гыммытым.
                         Уруугутугар-ыһыаххытыгар
                   7030 Эйэлээх доҕоргун кытта
                         Илии-илиигититтэн сиэттиһэн,
                         Э ргиччи -төгүр үчч ү
                         Хаамсыа этигит.
                         Эн диэтэх киһиттэн
                         Ханнык бэйэлээх
                                       - 168 -
   164   165   166   167   168   169   170   171   172   173   174