Page 188 - Неизвестное название
P. 188

7810 Таба харбаабат,
                       Оһоллоох сутуруктаах
                       Таба охсубат
                       Илбистээх биигэ билсибэтэ,
                       Өһөхтөөх удьукка уолдьаспата,
                       Сүлүһүннээх сүлдьүгэскэ түбэспэтэ,
                       Буулаҕа бухатыырдар боҕутуннарбатылар.
                      Дуолан бөҕөстөр тохтоппотулар.
                       Бэгидийэр бэртэрбит
                       Бүдүрүтэн көрбөтүлэр.
                7820 Аһарыгынан алыс,
                       Сымсатынан бэрт,
                       Охсуһуутунан олус,
                       Чобуо сутуруктаах,
                      Бэргэн бэгэччэхтээх,
                       Эрчимнээх илиилээх,
                       Сир тиҥилэхтээх,
                      Тэтиэнэх ойодостоох,
                      Сыыдам быһый,
                      Сылбаргы бөҕөс,
                7830 Сутуллаах илбистээх,
                      Дуолан бухатыыр быһыылаах.
                      Орускуот-ночоот кыратына,
                      Оһол-төрүот аҕыйаҕына,
                      Өлүү-сүтүү сэдэҕинэ,
                      Эрэй-буруй эрдэтинэ,
                      Эн диэтэх киһи
                      Илиигэр киирдэҕинэ,
                      Хамсаабат гына
                      Хам тутуон" этэ.
                7840 Сибилигин тута соҕус
                      Тохтото тарт, — дэһистилэр.
                         Инньэ дииллэрин кытта
                      Суостаах тойонноро
                      Дуулаҕа бухатыырдара
                      Тимир Сигиди
                      Уордайан уотунан уһуутаата,
                      Кыыһыран кыымынан тыбыырда,
                      Үөһээ бөҕө
                      Үмүрүйүөр диэри
                7850 Үлтү үөгүлээтэ,
                      Аллараа бө§ө
                      Нэмирийэр гына

                                     - 187 -
   183   184   185   186   187   188   189   190   191   192   193