Page 190 - Неизвестное название
P. 190
Тоҕута үктээтэ,
Хайыр тааһы
Хаар хомурах курдук
Хампы тэбистэ,
7900 Сымара тааһы
Сыа хаар курдук
Батарыта тэбиннэ.
Төһө да өр
Кырбаабытын билбэтэ.
Биирдэ өйдөөн көрбүтэ —
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Тугун да таарыйтарбатах,
Тупсубукка дылы буолбут,
Адьас таарыйтарбакка,
7910 Аһаран биэрэ сылдьыбыт.
Адьархай атамааттара
Көстүбэт күтүрдэрэ,
Өһөгөйдөөх өрүөннээх
Үрдүк күкүр хайаларын
Үрүт өртүгэр
Үөмэлэһэн тураннар.
Хаһан эрэ
Хайа дайбаан
Хаанын халытар,
7920 Тоҕо охсон
Субай хаанын тоҕор,
Бы11а дайбаан
Кыһыл этин кырбастыыр,
Чэгиэн этин сэймэктиир,
Охтордор эрэ
Урут тиийэммит,
Оһоҕос-иһэдэс тииһэнэн,
Улайдаһыа этибит дэһэннэр,
Дугдуҥнаһа турбуттар эбит.
7930 Абааһы уола
Саҥа аллайан
Сатарыта түстэ:
— Буойака, буойака!
Сытыы кылыска
Сыыһа дайбатар
Сыыдам оҕо,
Сылбаргы бөҕөс
Эбиккин дуу, нойоон!
- 189 -

