Page 195 - Неизвестное название
P. 195

Хахай кыыл ииппит оҕото
                        Хахай сиэр аттаах
                        Хардааччы сигилилээх
                        Хаан Дьааһыйа бухатыыр диэн буолуо,
                        Орто дойдуга
                        Ааттанар аата
                        Араҕас сиэр аттаах
                        Алаатыыр Ала Туйгун диэн буолуо.
                        Ол киниэхэ тиийэр бухатыыр
                  8120 Бу хабырыттан турар
                        Халлааным анныгар,
                        Сириэдийэн үөскээбит
                        Сирим үрдүгэр
                        Хаһан да үөскүү-төрүү
                        Илик буолуо.
                        Ол ааттаах бухатыыр
                        Ириэнэх суолгун ирдээн,
                        Тоҥоттоох суолгун
                        Сонордоон КЭЛЛЭҔИНЭ,
                  8130 Бу дойдуну
                        Иһиттээх ымдаан курдук
                        Иҥнэри үктүө,
                        Хаппыт тымтай курдук
                        Хампы тэпсиэ.
                        Тоҥ тордуйа курдук
                        Тоҕу кэһиэ,
                        Үөннээх түптүйэ курдук
                        Үнтү үктүө,
                        Тохтоон, болҕойуҥ эрэ,
                  8140 Нохолоор! — диэтэ.
                           Онуоха буоллаҕына
                        Тимир Сигиди бухатыыр
                        Ыллаан ыыра барда,
                        Туойан тоҕу сытыйда:
                           — Буойака, буойака!
                        Суостаах-суодаллаах
                        Луоҕу Тойон аҕам
                        Туту да истибэт буолан,
                        Дьүүкүрэн хатан,
                  8150 Түөс-маас буолан,
                        Түөһэйэ кырдьан,
                        Дьөлө сытыйбыт эбиккин.
                        Ол Алаатыыр Ала Туйгун бухатыыр

                                       - 194 -
   190   191   192   193   194   195   196   197   198   199   200