Page 262 - Неизвестное название
P. 262

Соҕотохто суох буолан,
                          Суй-сай гынан хааллылар.
                            Сирдиин сэргэхсийдэ,
                         Дайдылыын намылыйда,
                          Халлаанныын сырдаата,
                          Оттуун-мастыын
                          Уу-чуумпу буолан
                          Унаара долгуйа түстэ.
                   11000 Күннэрэ күөрэйдэ,
                          Күөрэгэйдэрэ ыллаата,
                          Көхсүлэрэ кэҥээтэ,
                          Саспыттар-кирийбиттэр,
                          Куоппуттар-күрэммиттэр,
                          Көбө-саба хаамсан
                          Күө-дьаа кэпсэтэн,
                          Күлэ-үөрэ кэпсэтэн, көрсүһэн
                          Бука бары мустан,
                          Үөрэ-көтө
                   11010 Үмүөрүһэ түстүлэр.
                          Туох дойду
                          Туналыйар ньууругар,
                          Ким дойду киэркэйэр киинигэр,
                          Орто дойду унаарар урсунугар
                          Оннук бэйэлээх
                          Уурайбат уйгулаах,
                          Быстыбат быйаҥнаах,
                         Дьоллоох дьөһөгөйдөөх,
                          Ахтар айыыһыттаах,
                   11020 Аҕыс салаалаах
                         Аҥаарыйар - ну схайар
                         Ача күөх
                          Айыы сибиккитэ* оту
                          Биир сааллаах айаннаахтара,
                          Сыыдам сырыылаахтара,
                         Дьору тобуктаахтара,*
                         Дьороҕой илиилээхтэрэ,
                          Толору дьоллоохторо
                          Туура туттаран,
                   11030 Халты харбатан,
                          Урут куота кэлэн,
                          Сэттэ былас суһуохтаах
                          Нэлэмэн Куоҕа туттарбыт
                          Тэллэххэ сытар тэҥнээх,

                                        - 261 -
   257   258   259   260   261   262   263   264   265   266   267