Page 263 - Неизвестное название
P. 263

Хоонньуга сытар холоонноох
                         Доҕор оҥостон,
                         Сүгүннэрэн-боҕуннаран
                         Барыа үһү.
                         Айыы бухатыырдара
                   11040 Ааллаах айаннаах,
                         Сыыдам сырыылаах,
                         Талааннаах тарбахтаах,
                         Дьороҕой илиилээх,
                         Дьоллоох соргулаах,
                         Оноҕойдоох-дьөһөгөйдөөх,
                         Уол оҕолор буоланнар,
                         Урут булан,
                         Аҕалаллара буоллар,
                         Өрөгөйбүт үрдүө,
                   11050 Саргыбыт салаллыа,
                         Үрдүк үөрүү,
                         Маҥан малааһын,
                         Уйгулаах уруу,
                         Ытык ыһыах буолуо этэ.
                         Оттон
                         Адьарай бөҕө
                         Адьырҕа бухатыырдара
                         Урут булан кэллэхтэринэ,
                         Күндү күөрэгэйбитин,
                  11060 Көмүскэбит уутун,
                         Көмүс бэйэлээхпитин
                         Көстүбэт бөҕө
                         Күтүрдээх үлүгэрдэрэ
                         Туура туттаран,
                         Халты харбатан бардахтарына,
                         Былаҕайга былдьатан,
                         Кулаҕайга куоттаран,
                         Күн айыы аймахтара
                         Күккүрэччи ытаһан,
                  11070 Күммүт* күлүгүрүө,
                         Халлааммыт хараҥарыа,
                         Аһыы кутурҕан
                         Абалаах санаа,
                         Алдьархай-садыам
                         Ааҥныах бэйэтэ буоллаҕа.
                            Хайата буолар дэсиһэн,
                         Кэпсэтии бөҕө кэҥээтэ,
                                        - 262 -
   258   259   260   261   262   263   264   265   266   267   268