Page 273 - Неизвестное название
P. 273
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Аан ийэ дойду
Аҥаарыйар таһаатын
Алаҕар харахтарынан
11470 Анааран көрбөт гына
Айан гиэнэ
Ахсымын айаннаатылар..
Сиэн үрэхтэр,
Сис хайалар,
Сэндэҥэ тыалар,
Нэлэмэн ойуурдар
Тараах иэнин курдук
Таҥнары сыыйыллан
Дарҕааланан истилэр.
11480 Үҥкүр күөллэр
Үүн тиэрбэһин курдук
Өҥөрүһэн-чөҥөрүһэн,
Түбэ тыалар,
Чүөмпэ күөллэр
Тордуйа аанын курдук
Чөҥөрүһэн-иҥэриһэн,
Төгүрүһэн түһэн истилэр.
Аарыма күөллэр
Алтан чаҥ
11490 Аанын курдук
Аҥалыһан-тэҥилиһэн,
Дьэс тыымпылар,
Дьирбии долгун күөллэр
Тимир тэриэлкэ курдук
Ирим-дьирим
Элэҥнэһэн истилэр.
Өрүкүйэр сүүрүктээх
Уһуутуу устар
Уһун үрэхтэр
11500 Өркөн өтүү курдук
Субуруйан суһумнастылар.
Халдьыгырыыр сүүрүктээх
Хайдыы кэҥистээх
Халаан үрэхтэр
Хатыс быа курдук
Хатылл ан - бурулл ан
Хаалан истилэр.
- 272 -

