Page 268 - Неизвестное название
P. 268

11250 Ньилбэҕэ күөрэйэн,
                      Сиэлэ нэлэйэн,
                      Көҕүлэ күөччэхтэнэн,
                      Ойоҕоһо тэппэйэн,
                      Оноҕос курдук субуллан,
                      Урут бастаан
                      Уунан чырбайан көһүннэ.
                      Ону кытта
                      Сулустан туллан түспүт
                      Салыҥ Кулахай
               11260 Обургу-дьаалы
                      Саппай тардыһан,
                      Ойоҕос бысаҕаһынан
                      Биир тэҥҥэ бэгэдьиһэн киирдэ.
                      Ол кэнниттэн
                      Улаан сиэр аттаах
                      Охсуһуулаах-мэккиэрдээх
                      Оҕо Удаарын бухатыыр
                      Утуу-субуу тардыһан
                      Ууннаран-оҕустаран түстэ.
               11270 Ол кэнниттэн
                      Сатаҕа Бөҕө обургу
                      Аҕыс субурҕа аттаах
                      Ала моҕой ата баҕайы
                      Атаҕа адаарыйан,
                      Айаҕа дьаллайан,
                      Төбөтө чолойон,
                      Тыла чарайан,
                      Бэлэһэ мэҥилийэн,
                      Куолайа көҥкөйөн,
               11280 Кутуруга куйбаран,
                      Суостаах үлүгэрдик
                      Субуруйан иһэр эбит.
                      Ол обургу дьаалылар
                      Оччо көстөн бараннар,
                      Өр-өтөр буолуохтара дуо?
                      Этиэх иннинэ,
                      Түллүөх түргэнэ
                      Дьулусханнаах дьулуо маҥан
                      Тусаһаларын ортотунан
               11290 Тойон баадай
                      Сэргэлэрин төрдүгэр
                      Куһаҕан киһи
                                     - 267 -
   263   264   265   266   267   268   269   270   271   272   273