Page 279 - Неизвестное название
P. 279

Үҥкүр күөллэр
                             Үүн тиэрбэһин курдук
                             Өҥөрүһэн-чөҥөрүһэн,
                      11640 Түбэ тыалар,
                             Чүөмпэ күөллэр
                             Тордуйа аанын курдук
                             Чөҥөрүһэн-иҥэриһэн
                             Төгүрүһэн түһэн истилэр.
                             Аарыма күөллэр
                             Алтан чаҥ
                             Аанын курдук
                             Аҥалыһан-тэҥилиһэн,
                             Дьэс тыымпылар,
                      11650 Дьирбии долгун күөллэр
                             Тимир тэриэлкэ курдук
                             Ирим-дьирим
                             Элэҥнэһэн истилэр.
                             Өрүкүйэр сүүрүктээх
                             Уһуутуу устар
                             Уһун үрэхтэр
                             Өркөн өтүү курдук
                             Субуруһан суһумнастылар.
                             Халдьыгырыыр сүүрүктээх
                      11660 Хайдыы кэҥистээх
                             Халаан үрэхтэр
                             Хатыс быа курдук
                             Хайылл ан - бурулл ан
                             Хаалан истилэр.
                             Күкүр хайалар күлүҥнэһэн,
                             Эбириэн таастар элэҥнэһэн,
                             Турар турууктар чочоруһан,
                             Аарыма хайалар адаарыһан,
                             Быһыттар сыырдар барыҥнаһан,
                      11670 Барык-сүрүк
                             Барыгылдьыһан-күлүгүлдьүһэн
                             Баран истилэр.
                             Өр да айаннаабыттарын билбэтилэр,
                             Өтөр да айаннаабыттарын билбэтилэр,
                             Сириэдийэн үөскээбит
                             Сир ийэ барахсан
                             Сис хара тыалара
                             Дьэҥкэрэн убаан,
                             Сиһик ойуур буолан

                                            - 276
   274   275   276   277   278   279   280   281   282   283   284