Page 283 - Неизвестное название
P. 283

Дойдуга төннөр
                    11810 Саарбах буолла,
                           Ийэ сирбэр эргийэр
                           Эрэлэ суох буолла.
                           Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
                           Нойон киһиэ,
                           Тохтоо, болҕой эрэ!
                           Бу сах киһитин сайыалаһымаҥ,
                           Үтүгэн уолун өҥнөһүмэҥ,
                           Сыраҕытын быһымаҥ,
                           Сылбаҕытын эһимэҥ,
                    11820 Эрэй-буруй эрдэтинэ
                           Эт-хаан бүтүнүгэр
                           Сүһүөх-иһиэх баарыгар
                          Төннө охсуҥ.
                           Ийэ сиргитигэр эргиллиҥ,
                          Аан дойдутугар салаллыҥ,
                          Аргыскытын хаалларымаҥ,
                          Аккытыгар мэҕэһиннэриҥ,
                          Абырааҥ, нохолоор!
                          Атас киэнэ ааттааҕа буолуом,
                    11830 Доҕор киэнэ дьоһуннааҕа буолуом,
                          Төннүҥ, — диэн.
                          Хаптайа-хаптайа
                          Хабарҕата хайдарынан
                          Хаһыытыы-даллаахтыы хаалла.
                             Ол аайы төннөр
                          Бэйэлээх буолуохтара дуо?
                          Тустуулаах Дьуруо Бөҕө,
                          Охсуһуулаах мөккүөрдээх
                          Оҕо Удаарын
                    11840 Кинилэр диэтэх дьон
                          Эккирэтэн баран
                          Иннилэрин биэрбэт,
                          Сойуолаһан баран
                          Эрэйдэрин харыстаабат,
                          Ээхтэрин эппэт,
                          Бэрт мөккүөрдээх
                          Күтүр күрэхтээх
                          Өһөс өйдөөх,
                          Хадай хааннаах,
                    11850 Хардааччы сигилилээх
                          Бөппүрүөк мөссүөннээх.

                                         - 280
   278   279   280   281   282   283   284   285   286   287   288