Page 46 - Неизвестное название
P. 46
Илин Сибйир
Иҥнэстэр таһаатыгар
1620 Итии Дьириминэ байҕалга
Талл ан куоҕас буолан
Таҥнары умсан түспүккүн,
Кэдирги сэлгиэхтээх,
Төттөрү хайыылаах,
Сытыы кылаан тиистээх,
Уот урбай кутуруктаах,
Үс бүгүйэх систээх
Өлөр өлүү
Луо балык буоламмын,
1630 Сиирэ-халты харбаһан
Түһэн эрдэхпинэ,
Бу отут ургунньахтаах
Орто туруу дьодул дойду
Улай дьэҥкэ киинигэр
Оонньоон-көрүлээн үөскээбит,
Охсуһуулаах мэккиэрдээх
Оҕо Очуостаан бухатыыр
Обургу-дьаалы
Дьэс хаалдьыкпыттан
1640 Харбаан ылан,
Умсары быраҕан
Көхсүм ортотунан
Көйүүлээх ойбон курдук
Дьөлө үктээбитигэр,
Сүллүүлээх сүрэҕим
Оҥойор уолугум үүтүнэн
Уһулу ойон тахсан
Сыыһа туттаран,
Халты хар батан
1650 Харбыйа маҥаас
Суор буолан,
Куотан киирэммин,
Сиэмэх соллоҥноох
Дьэкистэй Хара удаҕан
Эдьиийбэр тиийэммин,
Силлэтэн-домнотон
Ньээкэ хара биһиккэ
Сэттэ сылы быһа бигэтэммин
Иккиһин оҕо
1660 Буолан улаатаммын,
- 43 -

