Page 51 - Неизвестное название
P. 51

Ол көстүбэт бөҕө күтүрдээҕин
                          Тута батыспатахха,
                          Суолун тоҥордоххуна,
                          Уһуннук уталыттаххына,
                          Оҕобутун Oijo Ньургустайы
                          Олох мэлитэргэ тиийэбит.
                          Онон эбит буоллаҕына
                    1840 Ол түркүинээх түөкүнү,
                          Тимир дэриэтинньиги,
                          Илиэһэй бөҕө диэлимэрин
                          Сибилигин тута баттаан
                          Суолун сонордуохха,
                          Ириэнэх суолун ирдээн
                          Эккирэтэн көрүөххэ,
                          Уол оҕо туохха төрөөбүтэй,
                          Ат кулун туохха төрөөбүтэй?
                          Көстүбэт бөҕөттөн
                    1850 Көмүскэнэр туһугар,
                          Хаан хааппыла саҕа
                          Хаалыар диэри
                          Хараадыйан туран,
                          Харсыһан көрөр
                          Хараабырай хааннаахпын,
                          Хардааччы сигилилээхпин,
                          Тохтообот дьулуурдаахпын,
                          Батыһар баҕалаахпын,
                          Өһүөннэһэр өйдөөхпүн,
                    1860 Эккирэппиппин ситэн,
                          Куоттарбыпгтын тутан,
                          Сүтүкпүн булан,
                          Ситиһэн-хотуһан
                          Тиийэн кэлиэхпэр диэри
                          Быралыйар-куралыйар
                          Бырастыыкай буоллун! — диэтэ да,
                          Тусаһатын ортотуттан
                          Солоҥдо тураҕас атын
                          Тус хоту диэки
                    1870 Туһулуу тутан кэбистэ.
                            Ата барахсан,
                          Аллаах соҕус атахтаах,
                          Куоһарыылаах соҕус хоннохтоох,
                          Хардарыылаах соҕус хардыылаах,
                          Сыыдам соҕус сырыылаах

                                         - 48 -
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56