Page 50 - Неизвестное название
P. 50
1790 Умсулҕаннаах ньуурдаах
Оҕо Ньургустайы
Көстүбэт бөҕө
Күтүрдээх үлүгэрэ кэлэн
Сыыһа туттарда,
Халты харбагга,
Ол адьарай бөҕө
Алдьархайдаах адьырҕата
Аҕыс уон ааһар бөҕе
Албастаах буолуо,
1800 Тоҕус уон куотар бөҕө
Кубулҕаттаах буолуо.
Ону кытта
Улдьаҕай эттээх
Ооккойбут еыыһа
Туттар сэбэ суох
Тоҥоттоох суолун
Сонордоһон тиийэҥҥин,
Туруулаһан да
Тулуһуоҥ суоҕа,
1810 Кэтэр куйаҕа суох
Эт бэйэҕинэн
Ириэнэх суолун ирдээн
Эккирэтэн тиийэҥҥин
Иннин ылыаҥ суоҕа,
Он он бу адьарай бөҕө
Алдьархайдаах аартыгын арыйыма,
Содуомнаах суолун тутума.
Ол кэриэтэ
Аҕаҥ барбыт суолунан
1820 Батыһан бараҥҥын,
У ус хаан
Төрдүгэр тиийэҥҥин
Этэриҥ эбитэ буоллар,
Эккирэттэҕинэ кини
Эккирэтэн ситиһиэ
Этэ, — диэтилэр.
Онуоха буоллаҕына уоллара
Солоҥдо тураҕас аттаах
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
1830 Саҥалаах-иҥэлээх буолан
Турбута үһү:
— Дьиэ-буо, дьиэ-буо!
- 47 -

