Page 49 - Неизвестное название
P. 49

Эккирэтэн кэлэннэр,
                       Үрүҥ тыыммын
                      Өрүһүйүөхтэрэ дуо? — диэн,
                 1750 Ытаан-соҥоон,
                      Улуйан-тиэйэн бара турбут.
                      Итини истээт,
                      Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
                      Туруйалаах толоонуттан
                      Торҕо күөхтээх хочотуттан
                      Тула эргичийэн
                      Солоҥдо тураҕас атын
                      Тутан таһааран,
                      Тойон баадай сэргэтигэр
                 1760 Чолоччу баайан кэбистэ,
                      Дьороҕойдук-иригэйдик тутунна,
                      Сулбу-харбы харбаата,
                      Сөрүү харбаая сөрүөлээтэ,
                      Бобо тутан ботолоото,
                      Кып-хап кычымнаата,
                      Саба тардан чаппараахтаата,
                      Б1га тардан ын’ыырдаата,
                      Хоп-дьип холуннаата,
                      Лип-лап дьиримнээтэ,
                 1770 Тутан-хабан сулардаата,
                      Көрүөх бэтэрээ өртүгэр
                      Көнтөстөөн-тэһииннээн,
                      Этиэх иннигэр
                      Ийэтин кылыһын туппутунан
                      Атын үрдүгэр
                      Далан өксөкү курдук
                      Дап гына олоро түстэ,
                      Били гынарын кыгта
                      Ийэлээх эбэтэ
                1780 Иннигэр күөйэ туран,
                      Саманнык диэн
                      Саҥа саҥара
                      Турбуттар эбит:
                         — Дьиэ-буо, дьиэ-буо!
                      Былыттаах халлаанъга быктарбатах,
                      Самыырдаах күҥҥэ таһаарбатах,
                      Өксүеннээх күҥҥэ өҥөттөрбөтөх,
                      Күдэриктээх халлааҥҥа көрдөрбөтөх,
                      Күндү күөрэгэйбит оҕотун
                                     — 46.—
   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54