Page 464 - Неизвестное название
P. 464
Күргүөм билэ дьонноро
Күөх чараҥ курдук
Үөрэ-көтө,
Үмүөрүһэн тураннар,
Аан чэчирдэрин иһигэр,
Түөлбэ түһүлгэлэрин ортотугар,
19770 Уолларын Тустуулаах Дьуруо Бөҕөнү
Кийииттэрин сэттэ былас суһуохтаах
Нэлэмэн Куону
Толору долгуйбут
Чороонноох кымыстарын
Туттаран бараннар,
Кэккэлэччи киэргэтэн,
Нусхаччы-күөгэччи
Туруоран кэбистилэр.
Суон дурдалара
19780 Халыҥ хаххалара
Алаатыыр Ала Туйгун
Кини диэтэх киһи
Киэҥ дьэҥкэ кэпсээни
Кэпсии турбута —
Хоһооно-эгэлгэтэ
Саманнык буолла:
— Дьиэ буо, дьиэ буо!
Айыҥат хаан аймахтара,
Айыы хаан сиэттэрэ
19790 Аймах-билэ дьонум,
Араан тыа саҕа
Арыаллаһан тураҥҥыт,
Өрөөбүт уоһум
Үгэтин өйдөөҥ,
Хоммут уоһум
Хоһоонун холобурдааҥ,
Этэр тылым эгэлгэтин
Истэн туруҥ эрэ!
Үрдүк тумул саҕа
19800 Өлбөт-сүппэт
Өрөгөй талаан үрдээтэ,
Таас хайа саҕа
Самныбат-кэхтибэт
Саргы дьаалы салалынна,
Туруук хайа курдук
Тулхадыйбат-иэгэлдьийбэт
- 465 -

