Page 72 - Неизвестное название
P. 72
Үрдүк тумул саҕа
Өрө үллэн таҕыста.
Көхсүн тыаһа
Күҥкүйэлээх үрэх
2740 Күрүлгэнин курдук күҥкүнээтэ,
Таҥалайын тыаһа чаҥкынаата,
Куолайын тыаһа куллурҕаата,
Бэлэһин түгэҕиттэн
Мэҥирээн эрэрдии
Бэтиэхтээн мэҥиргээтэ,
Иһин түгэҕиттэн
Иҥэрсийэн эрэрдии
Иҥиэттэ - иҥиэттэ,
Киһилии кэпсээн киҥирээтэ,
2750 Сахалыы саҥаран сатараата:
— Буойака, буойака!
Бу ойон тахсар күннээх
Ойоҕолоон тыгар ыйдаах,
Орто туруу дьоҕул дойдум
Улай дьэҥкэ киинигэр
Олохсуйан үөскээбит
Уу буор эттээх,
Уулаах отон хааннаах,
От-мае сүрдээх
2760 Урааҥхай бөҕө удьуордарыттан
Ороһулаан* төрөөбүт
Улдьаҕай эттээх,
Уйан уҥуохтаах,
Уол оҕо барахсан,
Суол-иис ыйдараары,
Дьоһун үтүө сурахпын
Сураан кэлбит буоллаххына,
Торҕотоон олорор
Тумсум сууйуутугар
2770 Туох тутуурдааххыный,
Нойон киһиэ,
Хоммут уоспут хомурарбар
Ханнык хоой хостуурдааххыный?
Хоннох аһардааххыный?
Өрөөбүт уоспун өһүлэрбэр
Туох өртүк харалааххыный?
Үтүө тобохтооххунуй?
Үөл эт сыыһа
- 69 -

