Page 307 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 307

Сурукка  суруллубут,  хоһооҥҥо  хоһуллубут
           Суорба  таас  хайа  хаххалаах,
           Суугунуур  солко  күөх  быраан  күрүөлээх
           Суоттукалыыр  эбэм  —
           Дьэрэлийэр  күөх  сибэккитин  тиһэн,       \
           Аралыйар  алтан  отун  аттаран,
           Таала  сыһыы  таманыттан
           «Таҥара  кийиитин»  наардаан,
           Үрдүк  быраан  тэллэҕиттэн
           Үрүҥ  сибэкки  хоруонатын  холбоон,
           Өлгөм  үүнүүлээх  Өлүөхүмэ  буолатыттан
           Үтүө  сэлиэһинэй  сүүмэҕин  ситтэрэн,
           Сунтаар — Тойбохой  оскуолатыттан
           Соҕурууҥу  сибэкки  суордун  ылларан
            Бу  тыыннаах  букеты  оҥордум,
           Бобо  баайан  эйиэхэ  анаатым.

           Остуолуҥ  ортотугар  кини  дьэрэлийдин,
           Оонньуу-күлэ  эргиччи  чэмэлийдин!
           Эн  үтүө  дьулууруҥ  сибэккилии  сирэлийдин,
           Илгэ-быйаҥ  халаан  уутунуу  дэбилийдин!
                                                  1954  с.
   302   303   304   305   306   307   308   309   310   311   312