Page 311 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 311
Ол маҥан баттаҕым быыһынаи
Оҕолорум тарбахтара
Умса-умса сөтуөлүүллэр,
Ол куударам долгуннарын үрдүнэн
Доҕотторум харахтарын уота
Тохтоон оонньоон ааһаллар.
Барахсаттар эһиги
Бары хаһан эрэ
Дьоллоох сырыыны сылдьан,
Дьоһуннаах олоҕу олорон
Ким да иннигэр
Киэн туттан өрө тарааныаххыт: —
Күн да уотугар оҕустарбатах
Көмөр хара бэски оннугар
Күрэҥсийбит баттаҕы,
Хаһыҥы да билбэтэх
Хара куудара оннугар
Хаар маҥан бэскини...
Оччоҕо билиэххит
Убайгыт эрэйдээх -
Хаар маҥан баттаҕа
Хайдах курдук кэрэтин,
Кыырыктыйбыт чанчыга
Кыһыл көмүс курдугун!
1964 с
() Сергей Весить

