Page 367 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 367
Сурааһын саҕах суһуктуйда.
Эмээхсин
Ойон туран,
Оһоҕун отунна,
Чаанньыгын халыгыратан,
Чэйин өрдө.
Көмүлүөк күөдьүйэн
Күлэ-сала күлүбүрээтэ,
Остуол атаҕын күлүгэ
Орон иннигэр үҥкүүлээтэ.
Улам-улам халлаан кылбаарыйда,
Унаар урсун сандаарыйда,
Илин. саҕах
Илбиргэстээх киистэтин иилиннэ,
Күндэ далай
Көмүс мөһүүрэтин бүрүннэ.
Ийэ сүрэҕэр
Им сырдаабата,
Дьиэ иһигэр
Дьэргэлгэн киирбэтэ...
Хас кү.н ахсын
Хара былыт сабардаата,
Күнү-ыйы көрдөрбөккө,
Көхсү дьелө баттаата...
Биир сарсыарда,
Куурбут оту
Курдурҕаччы кэһэн,
Хаһыҥ кырыатын
Хардырҕаччы тэпсэн,
Улаатынар Охоноон
«Отуулаахтан» кэллэ,
Хаптаһын халҕаны
Хаахынатан киирдэ.
Удьурҕай хоттуунуттан
Уохтаах сыҥсыыры ылан,
Олойо-олойо муннугар аста;
Кэһиэхтээх саҥаны
Кэмнээн, кэччэйэн кэпсээтэ.
Урут кини маннык буолбат этэ:
Оонн.ьуу-күлэ киирэрэ,
361

