Page 39 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 39

Сүрэҕэ
                            Кыйара,
                     Сылайан,  дулҕаҕа
                           Олорон,
                            Сынньанан
                            Ылара.
                      Үөр  сэттэ  туруйа
                            Үрдүнэн
                            Элиэтии
                           Дайара.
                      Уйбаанчык  саныыра:
                            «Быраһаай,
                            Үөр  сэттэ
                            Туруйа!
                      Быраһаай,  күөх  сайын,
                             Көй  куйаас,
                            Сибэкки
                            Симэҕэ.
                      Быраһаай,  сайылык,
                            Чэлгийэр,
                            Долгуйар
                            Тэлгэһэ.
                      Аҥыйан  истэҕэ
                            Тибиилээх,
                            Буурҕалаах
                            Хаар  —  кыһын.
                      Чуучургуур-хаачыргыыр,
                            Тоҥ  атах,
                            Торуоска
                            Аргыһым.
                      Саһыаҕым-киириэҕим
                            Самнайбыт
                            Саах  сыбах
                            Хотоҥҥо,
                      Адарай  сэриилээх,
                            От  тэллэх,
                            Нэк  күөдэл
                            Ороҥҥо.
                      Муннукка  чэҥ  муустан
                             Көһүччү
                             Тоҥуоҕа
                            Атаҕым.
                      Дьүккүһэ  туруоҕа
       а  Сергей  Весильев        33
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44