Page 42 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 42
Үөр сэттэ
Туруйа.
Күн уоттаах дойдуга,
Күөх халлаан
Кырсынан
Суруйа.
Сэрэниий, тиийээрэй
Колхозтаах
Сүгзтин
Олуга,
Кэрдэртэн тоһуттан
Кыырайбыт,
Киил хатан
Мутуга.
Сэрэниий, тиийээрэй
Маосыына
Тигиниир
Тыастара.
Биэйэлкэ үлэлээн
Сирдиргиир
Сипсиэрдээх
Тыаллара.
Үөр сэттэ туруйа,
Сэрэнэн,
Сэһэргээн
Ааһаарый!
Уонна күөх халлаан
Күлүмнүүр
Күөнүгэр
Саһаарый!
Дьэ төһө куттаата,
Көтөр аал
Күүгүнээн
Кэлбитэ.
«Төҥүлү» күөлүгэр
Түөһүнэн
Күрүлээн
Түспүтэ?
Көрдүҥ дуо Майаҕа
Массыына,
Тыраактар
Сүүрэрин?
36

