Page 40 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 40
Күкүргэ
Биир токур
Ынаҕым.
Күнүһүн, таһырдьа
Чигдигэ
Мөхсөрүм
Кэллэҕэ.
Тордуйа таҥаһым
Хороччу
Тоҥоро
Истэҕэ...
Мин дьонум, куруйан,
Кураанах
Оһоҕу
Кэтиэҕэ.
Чаанньыкка сылытан
Күүгэннээх
Күөл уутун
Иһиэҕэ.
Манньыаттаах оҕотун
Атаҕар,
Быар куустан,
Тоҥхойуом.
Онтон да өрүттэр
Биллибэт,
Син муҥҥа
Олоруом.
Быраһаай, күөх сайын!
Быраһаай,
Үөр сэттэ
Туруйа!
Мин хааллым өтөхпөр,
Эн бардыҥ,
Кый үөһэ
Кыырайан...

