Page 43 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 43
Оскуола, кулууп дьиэ
Түннүгэ
Күндээрэн
Күлэрин.
Эн хайа, муодарҕаан,
Бу курдук,
Бытаардыҥ
Буолаарай?
Алтата эргийдиҥ
Аны, дьэ
Сэттиһэ
Туолаарай?
Эн өссө, эһиил саас
Кэлэргэр
Элбэҕи
Көрүөҕүҥ!
Биһиги олохпут
Кэрэтин
Кэрэхсии
Сөҕүөҕүҥ.
Мин онно «зачеппун»
Туттар&н,
Кылааепын
Бүтэриэм.
Мин онно эйиэхэ
Сэһэним
Силигин
Ситэриэм.
Үөр сэттэ туруйа,
Халлааны
Кырсынан
Айаннаар!
Кэлэргэр мунааргыаҥ,
Өлүөнэ
Т ардыытын
Талаһаар!
Ол онтон — Майаны
Баараҕай
Тутуунан
Бэлиэтээр!
Быраһаай, быраһаай,
Эн эһиил
37

