Page 46 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 46

С А Ҥ А   З А В О Д

                   Мастаах,  оттоох  хайаҕа
                   Сүүрүк  түһэн  күрүлээтэ,
                   Унаар-мэнээр  Майаҕа
                   Саҥа  завод  үлэлээтэ.
                   Онно  бүтэй  уһааччык
                   Үүтү  мээнэ  тиэйэллэр,
                   «Манна  кэлэн,  Уйбаанчык,  .
                   Тута  оҕус»,  —  дэһэллэр.

                   Булуус  ампаар  иһигэр
                   Буочука  тыаһа  ниҥкиниир,
                   Дьиэҕэ  остуол  иннигэр
                   Сэппэрээтэр  дьирилиир.

                   Онно  үрүҥ  халааттаах
                   Үлэ  дьоно  мөхсөллөр,
                   Тобус-толору  уһааттаах
                   Сүөгэй  «чаанын»  соһоллор.

                   Саҥа  завод  үлэлээн,
                   Тимир  күөччэх  чирилиир,
                   Бэккэ  күүскэ  күүгүнээн,
                   Үүтэ  сүүрэн  сирилиир.

                   Тоҕо  үөрбэт  буолуоҕай
                   Биһи  эдэр  сүрэхпит?!
                   Туохтан  тохтоон  туруоҕай
                   Үүнэр  дохсун  күрэхпит?!
                                                    1932  с.
   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51