Page 47 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 47
У Һ У О Р Д У У О И У У Л А А
Биһиги — колхозтаах
Ньиргийэн иһэбит,
Өҥ, ыраас олохтоох
Сырдыкка тиийэбит.
Эн, маастар, быһаххын
Сытыытык буруустаа!
Остуолгун, диваҥҥын
Уһуордуу ойуулаа!
Киэҥ килиэ сааланы
Киэргэтэ ууруохпут,
Күн-көрө мааныны
Тэлгэтэ тардыахпыт.
Биһиги таптыыбыт
Сибэкки ойууну;
Үгүстэн талабыт
Көмүстээх уһуору.
Эн, м&астар, быһаххьи
Сытыытык буруустаа!
Остуолгун, ыскаапкын
Уһуордуу ойуулаа!

