Page 439 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 439

Ол  курдук  Өкүүчэ  иһэрин,
                   Олбуор  ааныгар  нэһиилэ  киирэрин,
                   Кунаахап  Дьөгүөссэ  Кубаачалыын
                   Өссө  биир  ханнык  эрэ  уоллуун
                   Ыраахтан  тохтоон  көрдүлэр,
                   Ыйа-ыйа  күллүлэр.

                   Хараҥа  халлаан  намтаата,
                   Хатан  сулус  арҕаалаата.

                                  *   *
                                    *
                   Оскуолаҕа  биирдэ  мустан
                   Мунньахтаары  гыннылар.
                   Улуустан,  обкомтан,  горкомтан
                   Элбэх  дьоннор  кэллилэр.

                   Улаатынар  Охоноон  эмиэ  кэлбит,
                   Урутаан  киһи-киһи  иннигэр  киирбит.

                   Оҕолор  бары  чөрбөстүлэр,
                   Олус  киһи  элбэҕин  сөхтүлэр.
                   Силлиэ  түһүөн  иннинээҕи
                   Сэбирдэх  курдук  си'бигинэстилэр,
                   Муустаах  ардах  кэннинээҕи
                   Мутукча  курдук  ботугурастылар.

                   Сорохтор  быһыта  сэрэйэн:
                   «Өлөксөйү  буруйдаары»,  —  дэстилэр.
                   Сорохтор  өрө  чэрэһэн
                   Ким  туох  диҥрин  кэтэстилэр.
                   Улахан  сценаны  киэптии,
                   Остуол  кэннигэр  кэккэлии,
                   Ыалдьыттар  тахсан  олордулар,
                   Ыйаан,  бытааннык  саҥардылар.
                    Обком  секретара  туран,
                   Оҥостон  анаан  тыл  ылан:
                   «Өлөксөйү  манна  ыҥырыахха,
                   Олохто  эбии  аҕалыахха», —
                   Диэн  этии  киллэрдэ,
                   Ытыс  тыаһа  ньиргийдэ.
         28   Сергей  Васильев      433
   434   435   436   437   438   439   440   441   442   443   444