Page 141 - Сергей Васильев-Борогонскай. Поэт уонна гражданин
P. 141
ринэн охсор. Бу далайтан Үөлэн Хардааччы уола Бэриэт Бэр-
гэн быыһыыр. Олоҥхо бүтүүтүгэр Үөлэн Хардааччы:
Кун айыы бухатыырдара
Көрбут харахпытын чытшыйбакка,
Кун сирин
Куруөлуу туру охнут,
Айыы аймаҕын
Аракаччылыы туруохпут! — диэн андаҕайар.
«Үөлэн Хардааччы» олоҥхо тутула
1. Киириитэ: Тиит Дьиэһиҥкэй сирэ-дойдута. Аартыктар.
2. Төрүөтэ: Тиит Дьиэһиҥкэй кэргэн кэпсэтэ барар. Сүҥ
Дьаассын, Таас Туймаарын Орто дойду олоҕун аймыыллар.
3. Сайдыыта: Үөлэн Хардааччы сырыылара.
4. Чыпчаала: Бэриэт Бэргэн Таас Туймаарыны кытары
охсуһуута, Үөлэн Хардааччыны быыһааһына.
5. Сөллүүтэ: Үөлэн Хардааччы, Тиит Дьиэһиҥкэй, Бэ
риэт Бэргэн кыайан-хотон дойдуларыгар кэлиилэрэ.
6. Түмүгэ: Үөлэн Хардааччыны уруйдаан ыһыах ыһал-
лар. Үөлэн Хардааччы андаҕайар.
«Үөлэн Хардааччы» олоҥхо уратыта
1. Бухатыыр төрөөһүнэ, уһуйуллуута манна кэпсэммэт.
2. Айыы бухатыыра хайыһардаах.
3. Аал Кудук маһы ойуулааһын суох, ахтыллыбат.
4. Тиит Дьиэһиҥкэй кэргэн кэпсэтэ барар, Үөлэн Хар
дааччыны көмөлөс диэн көрдөһөр.
5. Үөлэн Хардааччыны оҕото Бэриэт Бэргэн быыһыыр.
6. Симэхсин эмээхсин, Сорук Боллур, ойуун, удаҕан
суохтар.
7. Үөлэн Хардааччы андаҕарынан түмүктэнэр.
1960 с. «Күп Эрили» олоҥхото улахан саастаах оҕолорго
ананан тахсар. Онон С.Васильев тыыннааҕар бу үс олоҥхо
бэчээттэммит эбит. «Күн Эрили» ис хоһоонунан ураты оло1гхо.
Кээмэйинэн бары олонхолоруттан улахан — 3591 строкалаах.
Күн Эрили уот садаҕа тыыннаах Улуу Моҕойдоонтон Орто
дойдуну көмүскүүр, «хатырыктыын дьуххаламмыт» Аал ку
дук маһы тилиннэрэр. Улуу Моҕойдоон кыһыл оҕо буолан
139

