Page 198 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 198
АТ ЫРЫАТА
'Торҕо чуун курдук субуллар
,Долгун хара кутуруктаах,
Атаҕын ньилбэгинэн охсуллар
Ардайдаах нэлим хара сиэллээх.
Туруору уҥуохтаах,
Дьондоҕор быһыылаах
Дуул сылгы
Тоһоҕо бүтэйгэ
Токуччу бааллан туран,
Муҥур туйаҕынан
Муус чигдини табыйан көрө-көрө,
Тииһит аһыытынан
Титирик сиэрдийэни кирэн ыла-ыла,
Киҥкир-киҥкир иҥэрсийэн
Кэпсиир эбит, доҕоттоор:
— «Тоҕо
Өрөгөйдөөх өрөгөр өттүкпэр
Өрбөҕү ыйаатыгыт?
Т050
Саргылаах самыым таһаатыгар
Сарымтыбыт куулу баайдыгыт?
Тоҕо
Эриэн суҥ сөрүөлээх
Этиргэн ботобун элитэҥҥит
Эттээх көхсүм үрдүгэр
Эргэ сону тэлгээтигит?
То 50
Хаарыан хатан сыҥаахпар
Хатыс быаны хатардыгыт?
Тоҕо
Дороххой тирбэҕэнэн туомтааҥҥыт
Т0Һ05050 туруору баайдыгыт?
Т050
184

