Page 200 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 200

Ох  курдук
                   Умнуургут  эбитэ  буоллар,
                   Кийиит  курдук
                   Киэргэтэргит  эбитэ  буоллар:
                   Билигин  даҕаны
                   Тардыстар
                          талаһаҕыт,
                   Миинэр
                   Миҥэҕит  буолуом  этэ!

                   Көлөһүммүн  куурдан,
                   Күөммүн  өндөтөн
                   Күннүк  сиртэн
                   Көбө-саба
                   Көтөн  көрүөх  баҕалаахпын!
                   Сэбэрэбин  сэргэхситэн,
                   Сиэлбин  туруоран
                  Сири  саҕатынан
                  Сиксийэ-сахсыйа
                  Сиэлэн  көрүөх  санаалаахпын!
                  Чочуйан  көрүҥ  эрэ,
                  Дьонум  эрэ  буолларгыт!
                  Хайа  мин  бу  да  буолларбын
                  Халыҥ  хаппар  куҥнаннахпына,
                  Оҕонньор-эмээхсин  аймаҕы
                  Уу  дьоруонан
                  Урууларга  илдьээйэмий!
                  Ыччат-билэ  аймаҕы
                  Ыраас  дьоруонан
                  Ыһыахтарга  таһаайамый!

                  Бу  да  буолларбын
                  Буутум  этэ  туолла5ына,
                  Хомуут  кэтэммин
                  Хоммут  таһаҕастаргытын
                              186
   195   196   197   198   199   200   201   202   203   204   205