Page 201 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 201
Хоҥнору дьүккүйээйэмий!
Ыныыр сүгэммин
Ыар ындыыларгытын
Ыатаран бараайамый!
Субу да буолларбын
Суон саалланнахпына,
Алдан таас хайаларын
Арҕастарын быыһынан
Харса-дьабыл туйаҕым,
Хатарыылаах анньыы тыаһын курдук,
Хабырҕаан бараарай!
Үрдүк хара тыалар
Өҥкөөттөөх сылбахтарын үрдүнэн
Үс ардайдаах нэлим хара сиэлим
Өрө охсуллан
Өрүкүйэн ааһаарай!
Аны саатар бннрдэ
Айыы оҕотун
Ат курдук тутаргыт буоллар,
Бүтэй Бүлүү эбэ хотун
Бүөр хара тумулугар
Бүгүлэхтии оонньуох этим!
Кэтит Киллэм эбэ хотун
Киэҥ сыһыытыгар
Кнстээн дьырылатыах этим!
Үөрүүбэр,
Өрөгөр
Өргөс хара кулгаахтарбын
Үөлгү-гүөргү чврбөҥнөтөн,
Тогүрүк,
Түөрт түөрэҥ көмүс туйахгарбын
Түр| эн түргэмник дьоруолатан,
Өлүөхүмэнэн
өксөйөн,
187

