Page 199 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 199
Дьаҥхалаах дьайыҥнаанчгыт
Таһырдьа чигдигэ титирэттигит?
Истиҥ эрэ,
Иччилэрим эрэ буолларгыт!
Сыа көлө
Сындалыйан турабын,
Эт сүөһү
Элэйэн эрэбин!
Суҥхарбаабатах бэйэм
Суҥхардаары гынным,
Көрдөспөтөх бэйэм
Көрдөһөөрү оҥоһуннум...
Ат буолбутум тухары
АраБас түнэ таҥастаах
Аймах-хаан удьуордаргытын
Арҕаһым үрдүгэр олордон
Айан суолун арыйбыт
Аахсардаах этим!
Үрүҥ тыыҥҥытын толуйаары
Үрдүк хара тыаны
Үрдүнэн сүүрбүт
Өҥөлөөх буоларым!
Сылайбыт атаххытын сынньатаары
Сыыры, хайаны дабайан
Сыарҕаны соспут
Сыаналаах этим!
Саатар ону сыаналааҥ,
Саха урааҥхай иччилэриэм,
Көмүскэстээх санаалаах
Күнүм дьоноо!
Көмүс далай уутунан
Көхсүбүн астаран,
Күех сибэкки отунан
Күүс ылларан,
185

