Page 202 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 202
Элгээйинан
эргийэн,
Хоронон
курдаан,
Амма хотуну
атыллыах этим,
Өймөкөөн эбэни
Өҥөйүөх этим!
Истин- эрэ,
Иччилэрим эрэ буолларгыт,
Иҥэрсийэр саҥам эгэлгэтин:
Ат буолбутум тухары
Атаххытын сынньатартан
Аккаастаабыт
Айыым суоҕа!
Муоһабын туттарбытым тухары
Муунта таһаҕаскытын
Булгуппут
Буруйум суоҕа!
Толкуйдааҥ эрэ,
Доҕотторум эрэ буолларгыт!
Мин даҕаны
Сөллөр сүһуөхтээх
Сүөһү оҕотобун,
Сылайар сындааһыннаах
Сылгы уолабын.
Алыс атаҕастаамаҥ.
Айыы сүөһүтүн!
Үгүстүк үлбүрүйүмэҥ
Үтүө доҕоргутун!
Сыа бэйэбин
Сындалыппатаххытына,
Сыыйар сыарҕам тыаһын
Сыһыы уҥуортан
188

