Page 206 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 206
Хараҥа норуоту хам ылан Тууйбута
Хаан өһөх суруктаах, хара-дьай сокуона...
Сол курдук, сур бөрө сокуона сокуоннаах,
Сор суоллаах олоххо олоорпут биһиги.
Тыһы кыл тыыҥҥытын быһыам диир, чымааннаах,
Тыҥырах тыытыла буолбуппут биһиги.
Үрүҥ күн үөрүүлээх күлүмүн көрдөрбөт,
Үллэр муус булгунньах балаҕан иһигэр
Үс үйэ хаамыытын өлүүнэн мээрэйдээн,
Үтүргэн 6Ө5Ө5Ө олоорпут биһиги...
* * *
Күн Ленин үөрэтэн, үүннэрэн көтүппүт
Хотойун кэккэтэ бнһиэхэ үүрүллэн,—
Күр муустаах көс сирин көхсүгэр «көһүйэ»,—
Күлүүстээх сыаптанан үгүстүк кэлэрэ.
Хаайыынан бохсубут хара-дьай дьылларга,
Хараҥа тыаларга, ыалдьыбыт ыалларга,
Эн үтүө хотойгун Сергону көрсөрбүт,
Эмтиирин-томтуурун элбэхтик көрөрбүт.
Эрэйдээх эрэйин этэрин таптыыра,
Күн Серго көмүскэл илиитин биэрэрэ,
Дьадаҥы саханы көҥүлгэ ыҥыран
Большевик партия күрэҕэр түмэрэ.
Ол Серго көҥүлгэ ыҥырар саҥатын:
Нохтолоох сүрэхтиин долгуйан истэрбит
«Күлүмнүүр сырдыгы көрдөһүҥ!»— диэбитин,
«Көҥүлү булуоххут, охсуһуҥ!»— диэбитин.
Хаарыаннаах Серголуун кэккэлии хаамара
Хаайыыга аналлаах — доҕорбут Эмэлдьээн.
Бала5ан барыгар Ленини ааҕара,
Большевик бастакы кэккэтин иитэлээн.
192

