Page 38 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 38

Ыстанан  тахсаллар,
                      Үөһэттэн  саайаллар...
                      Тиҥ-тиҥ  тиҥиргээн,
                      Тип-тип  тибиргээн
                      Мээчикпит  тэйиэлиир,
                      Өрүтэ  күврэҥниир...
                       Биир  кэмник  охсуллан,
                       Бэргэнник  табыллан
                       Сирилээн  элээрэн
                       Сиэткэни  үрдүнэн
                       Мээчикпит  тэйиэлиир,
                       Өрүтэ  күөрэҥниир,..
                       1937  с.


                          МИН  ХАИАМ
                       Мин  хайам
                       Кэтэҕэр  ойуурдаах,
                       Бэс,  хатыҥ  мастардаах.
                       Мин  хайам
                       Күөх  баата  муохтардаах,
                       Кеп  кырыс  ардайдаах.
                       Мин  хайам
                       Курустаал  өҥнөрдөөх
                       Килбэҥниир  киэргэллээх.
                       Мин  хайам
                       Саһархай  дьүһүннээх
                       Сымара  таастардаах.
                       Мин  хайам
                       Үлүскэн  сүүрүктээх
                       Өлүөнэ  өрүстээх.
                                32
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43