Page 33 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 33
Чэйиҥ эрэ, тураммыт
Аты-оҕуһу сайдыаҕыҥ!
Хонуу диэки сырсаммыт,
Үлэлии-хамсыы барыаҕыҥ!
Онно, сыһыы толооҥҥо
Бурдук буһан саһарда,
Долгун курдук унааран
Оргууй аҕай тыалырда.
Чэйиҥ эрэ, тахсаммыт
Аты-оҕуһу сайдыаҕыҥ!
Хонуу диэки сырсаммыт,
Ону быстара барыабыҥ!
Бурдук быһар массыына
Тыаһаан-ууһаан кэрбээтэ,
Икки көлө чулуута
Тэбис-тэҥҥэ үктээтэ.
Чэйиҥ эрэ, тахсаммыт
Ону ситэн сайдыаҕыҥ!
Түрдүр-түрдүр быһаммыт
Түүтэх түһэрэн барыаҕыҥ!
Кыырай халлаан кырыыта
Кыыһан, сырдаан кылбайда,
Көмүс күнүм чаҕыла
Көрө тыган таҕыста!
Чэйиҥ эрэ, тураммыт
Аты-оҕуһу сайдыаҕыҥ!
Хонуу диэки сырсаммыт,
Үлэлии-хамсыы барыаҕыҥ!
1936 с.
27

