Page 37 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 37

Манна  паарката  тутуохха,
             Манна  арыаллаһар  суолла  аһыахха.

             Нуучча,  саха  манна  тоҕуорустун,
             Омук-өһүк  манна  субурустун,
             Үөрүү,  оонньуу  манна  үмүөрүстүн,
             Дьоллоох  ырыа  манна  чугдаарыстын!
             1937  с.

                  МЭЭЧИК,  КҮӨРЭҤНЭЭ!

                  Кэдэгэр  уҥуохтаах,
                  Кэрэ-чуор  куоластаах
                  Кэҕэ  кыыл  саҥарда,
                  Киэҥ  тайҕа  айманна...
                  Сибэкки  ойуулаах,
                  Силээн  тыа  ойуурдаах
                  Киэргэллээх  пааркаҕа,
                  Киэһээҥи  салгыҥҥа
                  Дьон  мустан  бардылар,
                  Чуоҕуһан  турдулар,
                  Команда  буоллулар,
                  Мээчиктээн  дайдылар...
                  Ойоору  тэкэйбит,
                  Сүүрээри  чэрэйбит,
                  Мөтөйбүт  быһыылаах,
                  Кииллийбит  былчыҥнаах,
                  Күөх  солко  хаймыылаах,
                  Сулустаах  ойуулаах
                  Паарынай  маайкалаах,—
                  Уолаттар  ойоллор,
                  Мээчиги  охсоллор...
                  Тоһуйа  ууналлар,
                  Утары  ылаллар...
                           31
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42