Page 58 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 58
Ол көствр
Эрэһиэҥкэлээх террасаҕа
Эриэн солко куопталаах
Эдэр украинка тахсан,
Ньалҕархай хара баттаҕын
Нарын тиистээх тарааҕынан
Намылыччы тарыыра,
Долгуннаах хара суһуобун
Торҕо күөх лиэнтэнэн
Туһахтыы баайара.
Кини
Тэтэркэй иэдэһин имигэр
Киирэн эрэр күн
Килбиэнэ оонньуура,
Томтоҕор сүүһүн оройугар
Тахсан эрэр күн
Чаҕыла тыгара.
Дэрнэбинэни ортотунан
Тэлиэгэ сүүрэн дьурулуура,
Иһирдьэ сыһыы хонуутунан
Иитиэх хаас кылбаҥныыра.
Ойуур кэтэх томторугар
°Б°-УРУУ үҥкүүлүүрэ,
Бастыҥ күүлэ кырыытыгар
Байаан оонньоон иэйэрэ.
О-л эйэлээх олоҕу аймаан,
Уотунан-кутаанан салаан,
Алдьархайдаах сэрии сыбара
Арҕааттак саба түстэ,
Уот сиэн баччалыыра
Улам чугаһаан истэ.
Тэргэн тыаһа
Дириҥник ньиллнргээн,
52

