Page 130 - Иван Мигалкин Күн таммаҕын ыһыспыт дьылҕалар
P. 130

Кинилэр  этэ,  олоҕум  үтүө  оскуолата

             Москвалыын  ситимнээх  эдэр  сааһым
             Суруйааччылардыын  аан  бастаан  алтыһыым,
             Кинилэр  этэ,  олоҕум  үтүө  оскуолата:
             Кэрэҕэ  уһуйуу,  билиини  иҥэрии  —  баара  барыта.

             Сергей  Смирнов  дьиэтигэр  сылдьарым
             Доҕоро  Эллэй  эҕэрдэтин  тиэрдэрим,
             Поэзия  туһунан  кэпсиирэ  учууталым  —
             Саната  суох  сэҥээрэн,  чуумпутук  истэрим.

             Николай  Габышев  уопсайбар  күүтэрэ,
             Чэйин  өрөн,  аһын  астаан  тоһуйара.
             Сахалыы  сайаҕас  санаанан  күндүлүүрэ,
             Наллаан  олорон,  элбэҕи  да  сэһэргиирэ.
             Москвалыын  ситимнээх  эдэр  сааһым
             Суруйааччылардыын  аан  бастаан  алтыһыым,
             Көстөн  кэлэллэр  бу  баардыы  харахпар:  Исаев,
             Глазков,  Долматовскай,  Ошанин,  Старшинов...
             О,  ама,  умнуом  дуо,  кинилэри  тыыннаахпар.
             Семен  Данилов,  Леонид  Попов  хоһооннорун
             Бэйэлэриттэн  истибиппинэн  дьоллоохпун,
             Тобуруокабы,  Тарааһабы  үчүгэйдик  да  саныыбын,
             Бииргэ  олорбуппунан  өрүү  киэн  туттабын.

             Москвалыын  ситимнээх  эдэр  сааһым
             Суруйааччылардыын  аан  бастаан  алтыһыым,
             Кинилэр  этэ,  олоҕум  үтүө  оскуолата:
             Кэрэҕэ  уһуйуу,  билиини  иҥэрии  —  баара  барыта.
                                                    23.05.95  Москва
   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135